Фашистскай Германияны утары саҕаламмыт Улуу сэрии бастакы күннэригэр ССКП обкомун уонна Саха сирин Суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын быһаарыытынан республика радионан биэриилэрин тэрийэр государственнай комитетын иһинэн суруйааччылар фроннарга сэриилэһэр суруйааччылары кытары ыкса сибээһи тутуһан үлэлиир, айар бөлөхтөрө тэриллибитэ. Онно, мин билэрбинэн, Николай Якутскай, Софрон Данилов, учуонай Евдокия Коркина, Дмитрий Таас, Тимофей Сметанин кыттыбыттара. Кинилэр поэттар, суруйааччылар хааннаах өстөөҕү урусхаллыырга угуйар патриотическай ис хоһоонноох айымньыларын ааҕаллара уонна фронтовиктар буорах сыттаах хоһоонноруттан, суруктарыттан билиһиннэрэллэрэ. Тыыл уонна фронт Ийэ дойду көмүскэлигэр ити курдук биир ньыгыл кэккэнэн туруммуттара.
Биллэрин курдук, атырдьах ыйын 24 күнүгэр поэт Тимофей Егорович Сметанин Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Кини фроннааҕы олоҕун 284-с минометнай полка састаабыгар киирэн сулууспалааһынтан саҕалаабыта. «Биһиги өстөөҕү үүрэн иннибит диэки баран иһэбит, Россия айылҕатын өҥ салгынынан бэҕэһээ, бүгүн толору тыынным. Нэһилиэнньэ көрсөр үөрүүтэ үрдүгүөн! Сурук күүтэбин…» – диэн сэрии толоонуттан Тимофей Егорович суруйбута, хоһооннорун ыыппыта.
Ийэ дойдубут инники дьылҕата быһаарыллыытыгар Орловскай-Курскай туһаайыыга кыргыһыылар ситиһиилээхтик ыытыллыбыттара улахан оруолламмыттара. Бу уот холоругунан өрүтэ уһуурбут сэриилэһиигэ Тимофей Сметанин Дядково дэриэбинэ таһыгар баара. Онно атаҕар бааһырбыта, доҕоро А.Полехов диэн нуучча киһитэ санныгар сүгэн таһааран өрүһүйбүтэ. Байыас госпитальга эмтэнээт, сотору кэминэн Новосокольники, Невель куораттары өстөөхтөн босхолоспута. Сити кэмҥэ Тимофейдаахха кистэлэҥ бакыаты түргэнник тиэрдэргэ сорудах бэриллибитэ. Хор, ону толоро баран иһэннэр 6 немец саллааттарыгар ыы муннуларынан анньыллыбыттара. Ытыалаһыы буолбута. Уолаттар үһүөн түргэн туттунуунан өстөөхтөрү сууллартаабыттара, командование дьаһалын чиэстээхтик толорбуттара.
Бу бойобуой сорудаҕы толоруу Тимофей Сметанин фроннааҕы олоҕун төрдүттэн уларыппыта. Кини, дьиҥэр, связист этэ, ону баара разведкаҕа сылдьарга анаабыттара. Бу сырыыга Тимофей Егоровиһы уруһуйдьут дьоҕурдааҕа өрүһүйбүтэ, өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн стереотруба көмөтүнэн өстөөх тыылыгар киирэн устан, бэлиэтээн ылыы улахан сатабылы эрэйэр. Биир оннук түгэҥҥэ өстөөх минометтара турар сирдэрин ыйан биэрэн, улахан хоромньуну өстөөхтөргө оҥорбуттара. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» уонна «Хорсунун иһин» медалынан Тимофей Сметанин наҕараадаламмыта кини хорсуннук сэриилэспитин кэрэһилиир. Тимофей Сметанин фроннааҕы олоҕун туһунан бастакы очерканы суруйбут киһинэн суруйааччы Дмитрий Таас буолар, кини бу дьоһуннаах бэлиэтээһинин «Кыым» хаһыакка 1944 сыллааҕы от ыйын 4 күнүгэр бэчээттэппитэ.
Фронтовик Т.Е. Сметанин атырдьах ыйын 28 күнүгэр 1944 сыллаахха дойдутугар эргиллибитэ. Баара-суоҕа 25 саастаах эдэркээн киһи төһө да фронтан бааһыран кэллэр, Дьокуускайдааҕы пединститут историческай отделениетыгар үөрэнэ киирбитэ. Иккис курсу бүтэрбитэ. Салгыы үөрэммэтэҕэ. Сэриигэ ылбыт бааһырыыта көбөн, Тимофей Егорович Сметанин 1947 сыллаахха атырдьах ыйыгар ыалдьан өлбүтэ. Уөуоҕа Покровскай куорат чугаһынааҕы кылабыыһаҕа хараллыбыта. Итини мин оҕолорго фронтовик туһунан биллиннэр диэн суруйдум. Төрөппүт кыыһын оҕолоро кини хаанын билигин салгыыллар.
Ким долгуйа аахпатаҕай Тимофей Сметанин «Саллаат сүрэҕэ» диэн 1945 сыллаахха таһаартарбыт кинигэтигэр «Саллаат ахтылҕана» диэн фроннааҕы бэлиэтээһинин, хоһооннорун, онно баар «һчүгэйин да тыыннаах буолар» диэн хоһоонун. «Көрүдьүөс күн» диэн 1947 сыллаахха тахсыбыт кинигэтин сорох хоһооннорун мин билигин даҕаны өйбүттэн ааҕабын, ол курдук үчүгэйдэр.