Түҥкэтэх ырай

Түҥкэтэх ырай

Куорсуннаах саҥа айымньытыгар уларыта тутуу сылларынааҕы кыра куорат улахан кыһалҕалара ааҕааччыга тиийимтиэ гына ойууланар. Новелла геройа куорат араас түөлбэлэригэр көһө сылдьан дьон-сэргэ өйө-санаата, олохсуйбут үгэстэр хайдах уларыйбыттарын сатабыллаахтык арыйар. Ааптар куорат үһүйээннэрин, судургу дьон олохторун хомоҕой тылынан хоһуйар. Манна киирбит кэрчиктэртэн тиһиллэн, Дьокуускай куорат саІа алыптаах, таабырыннаах сирэйэ айыллар.

Жанр: Современная русская литература
Цикл: Не является частью цикла
Год публикации: 2020

Читать онлайн Түҥкэтэх ырай


Маҕан переулога. Чүөчэ Маня

I

Төһө да бу дойдуга төрөөбөтөҕүм иһин, туохтааҕар да хаар түһэрин күүтэбин…

Уокка сыраллыбыт муос куукула курдук мырчыстаҕас, ол эрээри хайдах эрэ оҕолуу сирэйдээх эмээхсин, баран хаалыа диэбиттии, сымнаҕас илиитинэн миигин харыбыттан тутан олорон кыыгыныыр. Өтөр-наар кими да кытта кэпсэппэтэх быһыылаах. «Быһыылаах» буолуо дуо, кэпсэппэтэх буолан сэргээн истэр киһиэхэ түбэһэн, умнулла сыспыт кэһиэхтээх куолаһа саҥа холбоммут араадьыйалыы хардьыгыныы-хардьыгыныы көбдьүөрэр. Бу – субан туруйа курдук собус-соҕотох ыалым эмээхсин. Кини олбуоруттан быкпатаҕа сыл аҥаара буолла. Хайа эрэ көстүбэт киһи кэлэн, тыаһа-ууһа суох ас сыыһа быраҕан ааһар.

Биһиги уулуссабыт – Строителлар уулуссаларыттан Халтурин уулуссаҕа киирэн аҕыйах хардыыны оҥордоргун эрэ, «Маҕан переулога» диэн ааттаммыт куорат кииниттэн алыс ырааҕа суох да сыттар, билигин дьэбэрэҕэ тимириэхчэ буолбут кэтэх дьиэлэрдээх, өтөхсүйэ быһыытыйбыт түөлбэ оҕото. Оттон урут манна балачча кыахтаах дьон олорбутун туоһулуур модьу-таҕа көрүҥнээх, киин хочуолунайтан оттуллар буолан хаһан да кырыарбат дьэндэспит улахан түннүктэрдээх дьиэлэр уулусса икки өттүнэн кэчигирэһэн тураллара. Нуучча хаһаактара эрэ кыайа тутан оҥорбут, олбуор аҥаарын бүтүннүү нэлэс гыннарар сүҥкэннээх мас аартыктардаах, үрдүк эркиннэрдээх күрүөлэр киэҥ тиэргэннэрин истэригэр туох да ааттаах буола турарын сатабыллаахтык кистииллэрэ. Суола-ииһэ кыһыл кумахтан кутуллубут бэрт дэхси, ыраас буолан, оҕо аймах таптаан оонньуура. Оччолорго уулусса чуумпута, бүччүмэ олохтоохтору барыбытын үөрдэрэ.

Манна 70-с сыллар бүтүүлэригэр аҕам түөрт хостоох, таһыгар баанньыктаах, улахан ыскылаат сарайдаах уораҕайа турбута. Маҥнай куоракка киирдэхпит утаа уулуссабыт олус сэргэх, ача күөх мастарынан суугунуур палисадниктардаах, бэйэ-бэйэлэригэр киэптэһэрдии бииртэн-биир дьэрэкээн оһуордаах ыстаабаннарынан симэммит дьиэлэрдээх, уу-хаар хоммотох кураанах миэстэтэ этэ. Дэлэҕэ даҕаны, переулокпытыгар киирдибит даҕаны атахпыт таҥаһын туура тэбэн атах сыгынньах дыгыһа сүүрүөхпүт дуо. Дьиэбититтэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ кыһыл кирпииччэнэн тутуллубут халыҥ истиэнэлэрдээх, кыараҕас түннүктэрдээх, быһыыта, былыргыта хайа эрэ баай киһи туттарбытыгар сөптөөх, хас да кырыылаах кырыыһалаах дьиэ баара. Ити дьиэ күнүһүн аана лип хатааһыннаах буолара. Оттон түүнүн биһиги харахтаабатах мааны массыыналарбыт кэлэн, үйэбэр үөйбэтэх үчүгэйкээн хоруопкаларбын адьас тыаһа-ууһа суох тиэйэн баралларын утуйар хоһум түннүгүнэн дөрүн-дөрүн көрөрүм. Онон сылыктаатахха, кистэлэҥ маҕаһыын быһыылааҕа.

Биһиги обургу олбуорбутуттан кыра аҥаарын хайа охсон ылан, атын ыал буруо таһаарбыттар. Ол дьиэ муҥур хотуна – бу мин орой мэник оҕо илиибин салыбырыы тутан олорор чүөчэ Маня. Кини дьиэтин киһи дьиэ диэҕин хайдах эрэ тыла тахсыбат. Үүтээнтэн эрэ обургу, орук мас арбаҕаһыныы адьарыттыбыт кырыыһалаах самнархай ыыспа. Дьэ манна ким да таайбатах таабырына буолбут дьэбириэй эмээхсинэ чүөчэ Маня чуҥкук олоҕо биһиги харахпыт ортотугар түмүктэммитэ. Оччолорго, сэбиэскэй былаас күннээн турар кэмэ буолан, бары кэриэтэ айыыттан-абааһыттан аккаастаммыт атыйыыстар этибит. Оттон эмээхсин, икки харахтаахтан кистээн-кистээн, түүннэри таҥара холоругун иннигэр бүк түһэн олорон кириэстэнэн сапсынарын хомсомуол оҕолор, биһиги, саалабыт түннүгүнэн сүөргүлүү көрөрбүт. Чүөчэ Маня, билигин санаатахха, таҥараһыт эбит. Арыт түүн кыра наадаҕар таһырдьа таҕыстаххына, аана лабырҕаан олорор буолара. Биһиги олбуорбутугар киирэр куруук сабыылаах түннүгүн нөҥүө көрдөххө, сүүнэ улахан киһи күлүгэ таҥараҕа үҥэн тоҥхоҥнуура. Онтон эппит салаһан түргэнник атахха биллэрэрбит. Эмээхсин дьиэтиттэн оччолорго да дэҥҥэ быгара. Ол таҕыстар эрэ уораҕайын иһэ куоска ньааҕынааһынынан, ыт моргуорунан туола түһэрэ. Кэлин бүдүгүрэ кырдьан баран, чүөчэ Маня килиэп да ыла барара ыараабыта. Арай биирдэ тахсыбытым, олбуорун иннигэр тайахтанан олорор. Улаханнык кэпсэппэт бэйэтэ миигин ыҥыран ылан, аҕыйах харчы биэрэн, килиэп, үүт атыылаһарбар көрдөстө. Онтон ыла олбуорум иннигэр тоһуйан ону-маны атыылаһыннарар идэлэннэ. Мин куттанан дьиэтигэр киирбэппин. Эмээхсин тимиччи түспүт, моҕой курдук төгүрүк хара хараҕа туох эрэ дьикти тымныы суостааҕа, онон уулусса дьоно бары да дьиксинэрбит, толлорбут.


Вам будет интересно
Эдэркээн учуутал Эрчим Быгаанап Ньукуолун саҕана аармыйаҕа ыҥырыллан, сулууспалыыр чааһыгар – Чукоткаҕа силлиэлээх-буурҕалаах муус-хаар дойдуга биирдэ баар буола түһэр. Бу дойду хаардаах хомолорун, чымаан хайаларын сүдү көстүүлэрэ, чукчалар муора аарыма харамайа киити бултууллара – барыта саха киһитин хараҕынан ойууланара ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа. Ааптар бу уруһуйдуур дьоҕурдаах, сайаҕас майгылаах уолунан уонна кини доҕотторунан сирэйдээн, саха ыччата ханна да тиийдэҕинэ, араас омук бэртэри...
Читать онлайн
Хомуурунньукка узбек уонна таджик норуоттарын остуоруйаларын сахалыы тылбаастара түмүллэн киирдилэр. Остуоруйаларга Орто Азия норуоттарын муудараһа, үйэлээх үгэстэрэ көстөр, куһаҕан күүстэн үтүө санаа көмүскүүрүн, булугас өй, мындыр толкуй, хорсун быһыы быыһыырын туһунан кэпсэнэр.Кинигэ Саха АССР норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, учуутал, суруналыыс София Матвеевна Охлопкова төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар, кыра уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар ананар....
Читать онлайн
Кинигэҕэ Саха сирин араас муннуктарыгар тахсыбыт дьулаан түбэлтэлэр таҥыллан киирдилэр. Хомуурунньук норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта ыкса сибээстээх "Түгэх түөлбэ түбэлтэлэрэ" уонна куорат олохтоохторугар киэҥник тарҕаммыт араас кэпсээннэргэ олоҕурбут "Куорат сир кэпсээннэриттэн" диэн икки түһүмэхтэн турар.Ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар....
Читать онлайн
В сборник вошли рассказы об охоте на северных просторах Якутии. Автор увлекательно раскрывает тонкости охоты, при чем иногда процесс добычи зверя, птицы как бы отступает на второй план. Вовсе не удачный выстрел является для охотника главным в охоте, а главное – переживания человека, находящегося на природе. В центре внимания – описание целой гаммы чувств, которые обуревают охотника: радость, грусть, отчаяние, надежда, восторг…...
Читать онлайн
Кинигэҕэ тыа дьонун олоҕо-дьаһаҕа кыра оҕо сонургуу көрбүт хараҕынан ойууланар. Булт, балыктааһын, дьиэтээҕи түбүктэр, айылҕа көстүүлэрэ – барыта бииртэн биир дьикти буолан арыллаллар.Орто уонна улахан саастаах оҕолорго ананар....
Читать онлайн
Как бы мне хотелось, чтобы участники описанных событий были немного другими и всё было бы по другому! Но нет – грустно, мило, оно выдумано мной и как будто произошло даже....
Читать онлайн
История обычного представителя поколения нулевых. Того, кто видел 2К17, того, кому разбивали сердце, и того, кто взрослел, будучи жителем обычного посёлка городского типа. Интересные, смешные и грустные истории из обычной жизни....
Читать онлайн
90-е годы. Время перемен. Варя Куриленко учится в одном из московских ВУЗов и подрабатывает в деканате, пытаясь справляться с трудными обстоятельствами, в которых оказалась ее семья. Варя не очень современная, и, как ей кажется, наверное, даже немного скучная девушка. И жизнь у нее такая же самая обычная, без каких-либо событий и разнообразия. Внезапно события начинают происходить одно за другим, и далеко не все они вносят собой приятное разнообразие. Детективная история....
Читать онлайн
В книге на примерах раскрываются этапы подготовки кандидатской диссертации в формате «бери и делай». Чтобы читатели получили представление о процессах написания диссертации, их взаимосвязях, а выполнив ряд заданий – смогли самостоятельно подготовить кандидатскую диссертацию.Издание предназначено для аспирантов и соискателей учёной степени, только приступающих или продолжительное время занимающихся написанием диссертации. Молодые учёные, не имеющие опыта руководства научно-квалификационными работ...
Читать онлайн
Его предал родной мир и СИСТЕМА, которой он верой и правдой служил всю свою жизнь. Оставив ему только одно право – ПРАВО НА МЕСТЬ! Теперь предстоит довести дело до конца и отдать долг. Долг существу, которое не отказало в помощи. И отдавать этот долг предстоит в глубинах космических пространств....
Читать онлайн
Помните «Илиаду» и «Одиссею» Гомера? Попробуем отнестись к ним не так, как привыкли: – не как к эпическим поэмам, – не как к сборникам сказок – и даже не как к правдивому описанию реальных событий. А как к первым в истории детективным произведениям: о тайне великой мистификации, где переплелись коварные преступления и удивительные приключения. Кто украл Елену Прекрасную? Чем закончилась троянская война? Где же носило Одиссея десять лет? Ответы на эти и другие вопросы – здесь!...
Читать онлайн
Со времён Древней Руси менялось множество правил и обычаев, но одно оставалось неизменным: исконно русская ведьма, наследная Баба Яга НЕ ДОЛЖНА поступать в Академию Нечисти – это ниже её достоинства и вообще там ей не место, ведь все Бабы Яги – самоучки и жуткие гордячки, а эти академии для ведьм-иностранок. Но одна девушка, которая по ряду причин узнала о своей наследственности только к совершеннолетию, решила пренебречь этим правилом. Черти испуганно запираются в табакерки, лешие пытаются слит...
Читать онлайн