Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт

Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт

Кыраттан да тэмтэрийэн олох дьэбэрэтигэр түспүттэр биһиги уопсастыбабытыгар аҕыйаҕа суохтар. Киһи тоҕо куһаҕаҥҥа убанарый? Арыгы хайа эмэ киһиэхэ үтүөнү аҕалла дуо? Убайдыы-бырааттыы ааптардар тэттик кэпсээннэрэ ааҕааччыны толкуйдатыахтара.

Жанр: Современная русская литература
Цикл: Не является частью цикла
Год публикации: 2013

Читать онлайн Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт


© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2019

© Владимир Тарабукин, Иван Тарабукин, 2019

Ыччуу-ычча

Үс атастыылар, Турантай, Кэриспэндиэн уонна Күөх Харах, борук-сорук кураанах уулусса устун хаамсан хоочугураһан иһэн, итир-ботур сэлэһэн, бүгүҥҥү күннээх былааннарын торумнууллар:

– Ыччуу-ычча, тугун баҕас тымныытай! Хайа, нохолоор, ханна баран киһи-хара буолабыт?

– Урукку эбитэ буоллар кураанах бытыылка туттаран абырахтаныа этибит, билигин, үйэ уларыйан, бытыылка да тутан абыраабаттар, бөх дьааһыгын аайы омук бытыылката тобус-толору. Өҥнөөх тимири туттарыахпытын урукку курдук мээнэ ыһылла сыппат, буларга уустук.

– Ээ, бэйэбит курдук ускул-тэскил сылдьар дьон күн-түүн аайы элбээн, эбиллэн иһэллэр, туох эмэ кылах гынан көһүннэ эрэ тута ылаллар, онно дьиэ таһын ыраастааччылары эбэн кэбис, кинилэр эмиэ хомуйан туттараллар. Дьиэ таһын хомуйан ылбыт хамнастарынааҕар, тимири туттаран элбэх харчыны аахсаллар. Ол дьонуҥ хомуйар ыырдарыгар туора киһини саараама чугаһаппаттар, көмөлөһүннэрэр эрэ дьоннорун киллэрэллэр.

– Халҕыаһы билэҕин дии, ол киһи дьиэ таһын ыраастааччыларга сыстан түүлэнии-өҥнөнүү бөҕө үһү. Зиналаах тиийбиттэригэр сириттэн көҥөнөн ыстаҥалааһын бөҕө буолбут, кыратык саайсан да ылбыттар, аны манна кэлимэҥ эҥин диэтэлээбит, – Кэриспэндиэн буруолуу сылдьар сибиэһэй сонуннарыттан үллэһиннэ.

– Сирэҕэһи, кини баҕас киһи билэр сүөһүтэ этэ ээ! Көрүстэххэ сирэйин тэҥнээн биэриллиэ, – Күөх Харах кыбдьырынан ылла.

– Ол дьиэ таһын хомуйааччылар ылгын уолларын сыгынньах илиигинэн таба туппатыҥ буолуо ээ. Били кыра Ньуккууну билэҕин дии. Кини эмиэ ол дьон тэллэхтэрэ буолан, сиппиир, күрдьэх тутан баран, төттөрү-таары төөтөҥнөөһүн бөҕөтө. Уҥуохтуун үрдээбит курдук буолбут, «бөх дьааһыгын хаһарын хаһыҥ да, таһыгар мээнэ ыһымаҥ-тоҕумаҥ» диэн дьаһалымсыйыы бөҕөтө.

– Бу сэлээрчэҕи көрүҥ эрэ, аҕыйах хонук иһигэр уларыйа охсубутун. Хата, дьааһык хаһары көҥүллээбит эбит дии.

– Этимэ даҕаны, түүлэнэн истэҕин аайы өссө ыттыйан иһэрэ буолуо?!

– Дьэ, оччоҕо хайа диэки баран, тугу булан үссэнэбит? Сайсаар диэки барыаҕы Хахай Лүөбэлээх барытын хомуйан бүтэрдэхтэрэ. «Тыгын Дархан» диэки баран көрөрбүт дуу, онно да туһата суох буолара буолуо. Таҥара дьиэтигэр барыаҕы бүгүн нэдиэлэ ортотугар сылдьар киһитэ аҕыйах буолуохтаах. Таах баран ыттыы тоҥон титириэхпит. Урукку курдук таҥара дьиэтигэр иттэ киириэхпитин, саҥа ханньайбыт харабыллара саа тэбиитэ да сиргэ чугаһаппата чахчы, уонна арба да онно биһиги эҥээр улуустары атын улуустар хаамаайылара үтүрүйбүт сурахтаахтара, олох да туһата суох эбит. «Дракоҥҥа» хайдах эбитэ буолла, тобоххо-ибэххэ тиксиэххэ сөп эбитэ дуу, суоҕа дуу? Эбэтэр эрэйэ суох отунан-маһынан сэбилэнэн биир эмэ кыра-хара киһини халыахха баара.

– Па, «Дракоҥҥа» хойутаатахпыт дии! Хаһан хоочугураһан тиийиэхпитигэр диэри онно дугуйданар эрэттэр түүнү быһа көрүлээбит дьон ыспыттарын-тохпуттарын начаас ньылбы ыраастаабыттара буолуо ээ. Оттон түүнүктээх түрмэнэн дугуйданыаххын баҕарбатаххына, дьоҥҥо саба түһэр толкуйгун киэр кыйдаа.

– Өскүөрүтүн этэбин. Биһиги айылҕа атаҕастаабыт дьоно буолбатах курдукпут да, тоҕо өрүү таппат тараһа, тиийбэт тирии буолан тоҥо-хата сылдьыахтаахпытый? Ычча, тугун тымныытай. Халлааммыт дьэ иирбит дии, биэс уонча кыраадыс буолбут бадахтаах, – дии-дии, Күөх Харах, атаҕа тоҥмутун биллэрэн, өрүтэ ыстаҥалаан ылла.

– Эс, бу киһи омунун, бэлиэргиттэн оччо буоллаҕай. Дьэ сотору баҕарбатаҕыҥ да иһин тымныйан бытарытара буолуо, силлээтэххинэ силиҥ сиргэ тиийэн муус буолан төкүнүйэр ини. Хата, хаачыктарга баран холтууралыырбыт дуу? Кэм сылаас сиргэ олорон аһыа, үлэлиэ этибит, – саҥата суох испит Турантай кэпсэтиигэ кыттыһа, төһө сөпкө эттим диэбиттии, дьонун кэриччи көрүтэлээтэ.


Вам будет интересно
Кинигэҕэ ураты дьылҕалаах дьон олоҕо ойууланар: Борускуо барахсан оҕотун тыыннаах хаалларар баҕаттан атын ыалга биэрэр; Ыстапаан искэҥ ыарыытынан ыалдьан, санааҕа баттатан, олоҕор улахан сыыһаны оҥосто сыһар; Куоста истиҥ тапталын кыыс ылыныа дуо?; Мааһыҥка кыыс, атын ыалга атаҕастана-атаҕастана иитиллэн, хайдах киһи буола улаатыай?Олоххо буолбут дьиҥ түбэлтэлэргэ олоҕурбут тэттик кэпсээннэр ааҕааччы кутун-сүрүн долгуталлар. Олох хайа баҕарар түгэнигэр санаа күүһүн туоһулууллар....
Читать онлайн
Представьте себе маленькую девочку, которая, в силу неизвестной, уникальной мутации, с рождения видит души людей. Мир её, вероятно, должен быть совсем иным, чем наш? Тайные знания, как устроен мир, понимание о вечном круге перерождений. Обо всём этом мы можем только догадываться. А она – знает.Добавьте к этому ещё, что, в силу своих особенностей и незыблемой веры во Вселенную, у неё сбываются все мечты. Любые мысли, что бы она не пожелала. Вы бы хотели такую жизнь?Какой невероятно счастливой, ус...
Читать онлайн
О безумии можно сказать, перефразируя известное утверждение, что это именное блюдо, которое подается и холодным, и горячим. Оно может быть изысканным и утонченным, как лепестки горных роз в апельсиновом соусе, или горьким и колким, словно рыбьи кости в запеченной полыни. В адском ресторане подают его частями, постепенно увеличивая порцию. А кто подает? Проницательные умы предполагают, будто есть Некто… А самые-самые продвинутые заявляют, что никого и нет: мы сами себе повара и официанты. Сплошны...
Читать онлайн
Как выжить в течение года в Москве без копейки денег, бесплатно жить в двухкомнатной квартире, попасть в круги богемы, бесплатно посещать концерты и выступать на сцене, не платить за дорогую еду и качественную одежду, не тратиться на проезд и не работать....
Читать онлайн
Летним воскресным утром в городе Былинске пропал дом вместе с жильцами. Уцелели только восемь человек: двое подростков, учительница, одинокая мать, домохозяйка и молодая семья с сыном. Непохожих людей теперь объединяет общая беда. Куда делся дом , и что ждёт выживших?...
Читать онлайн
Выбор жизненного пути важен, потому что именно он и определяет весь дальнейший путь. Кто-то с детства знает о том, что станет водителем. Или врачом. Или учителем. А кто-то даже в самом конце так и не сможет понять, – так кем же он все-таки стал? Безнравственным киборгом или человеком? В конце концов, каждый сам решает, кем ему быть.Надежда находится в моменте, когда нужно выбирать, куда пойти работать после института: в школу или производственный цех, где работает ее друг. Сможет ли главная геро...
Читать онлайн
Пишу о вас родненьких. О тех, кто меня окружает… Имя вам – легион! Все ваши проблемы – это мои рассказы. В каждом из них вы узнаете себя. В каждом из них – ваша жизнь, которую я описываю на страницах своих сборников. Смотрите на свою жизнь иронично, и не пытайтесь понять моего главного героя. Он такой же беспокойный, как и вы… Ищет, где лучше, но постоянно попадает в разные жизненные коллизии.Второе – тоже об этом!...
Читать онлайн
Энди Уолш – прилежная студентка. Все, о чем она мечтает, – стабильность и хорошие оценки. Новые знакомства пугают ее, поэтому, чтобы избежать излишнего внимания противоположного пола, девушка говорит всем, что у нее есть парень, и просит друзей поддержать эту легенду. Но когда в жизни Энди появляется Кэмерон, ее броня дает трещину. Самый популярный парень кампуса работает в тату-салоне, постоянно попадает в неприятности и хранит страшную тайну. Он готов пойти на все, чтобы завоевать сердце девуш...
Читать онлайн
За двадцать с лишним лет службы в органах госбезопасности Олег Васильевич Кустов не скопил денег и не дослужился до высоких чинов. Единственное, что он умеет – защищать свою Родину от врагов. Как внешних, так и внутренних. В результате странного эксперимента Кустов перенесся в 1918 год и попал в тело Владимира Аксенова – выпускника учительской семинарии, двадцатилетнего ветерана Первой мировой войны, служащего журналистом в провинциальной газете. Однако, как известно, бывших чекистов не бывает. ...
Читать онлайн
Это продолжение знаменитого романа Достоевского «Братья Карамазовы» в нем продолжается его идея о нравственном состоянии общества в конце XIX века. Действие второго тома, как и хотел Достоевский продолжаются спустя тринадцать лет в Петербурге. Разница лишь в том, что он задумывал, что Алексей должен стать участником убийства Александра II. В этом романе главный герой, а равно и убийца Императора, станет Иван, а Алексею, как любимому персонажу Достоевского, будет посвящен третий том в трех книгах...
Читать онлайн
«Роль конституций в целом и действующей российской Конституции в частности трудно переоценить. Конституция – это основа легитимности власти, ядро правового сознания и опора гражданского общества. Устойчивость Основного закона является залогом политической стабильности и динамичного развития любого государства.Конституция – это не абстрактные нормы и декларации, а живой, действующий документ, который не только активно влияет на общественно-политическую и экономическую действительность, воплощаясь...
Читать онлайн
«Реформа бюджетного сектора, начавшаяся принятием в мае 2010 г. ФЗ-83 „О внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации в связи с совершенствованием правового положения государственных (муниципальных) учреждений“, исходила из простых предпосылок. Государство оказывает своим гражданам определенный набор услуг – государственных услуг. Они предоставляются гражданам бесплатно „руками“ государственных учреждений, которым выдается государственное задание на оказание государст...
Читать онлайн