1950 сыллаахха Таатта улууһун Орто Амма нэһилиэгэр, Төҥүттэ алааһыгар төрөөбүтүм. 1966 с. Чычымах аҕыс кылаастаах оскуолатын, 1968 с. Харбалаах орто оскуолатын бүтэрбитим. 1974 с. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын орто сүһүөх салайааччыларын бэлэмниир техникумун «Зоотехник- тэрийээччи» идэлээх бүтэрбитим. Тааттаҕа «Коммунизм» совхоз МСКТ комитетын босхоломмут секретарынан, Орто Халыма улууһун СПТУ-18 маастарынан, Алаһыай совхозка рабочком председателинэн, Алаһыай нэһилиэгэр Сэбиэт исполкомун председателинэн, Орто Амма нэһилиэгин баһылыгынан, «Талкы» комбикорм оҥорор сыах рабочайынан үлэлээбитим. Орто Халыма Кульдино с. кыыһынаан 1973 с. ыал буолан, оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.
Күндү ааҕааччы!
Саха киһитэ буолан төрөөммүн дойдуга тартарыы, ахтылҕан ааспат мискиирэ аалан бэйэм испэр ииппит санааларбын эһиги билиигитигэр таһаардым. Киһи киһи тус туһунан өйдөбүллээх, араас кэм кэрдии быыһык бириэмэтигэр. Онон мин санаам, иэйиим барыгытыгар сөп түбэһиэ диэн санаабыппын, ол да буоллар атынныы өйдөбүллэри күөдьүтэн сырдыкка, кэскиллээххэ ыҥырыахтара диэн эрэнэ саныыбын.
Мин олорон ааспыт сылларым элбэх араас мускууру аастахтара. Үөрүү, өрөгөй да кэмнэрэ, хомолто- хоргутуу ыар күлүгэ да бааллара.
Туох барыта кыраттан саҕаланар уонна улахаҥҥа тириэрдэр аналлаах, ол иһин кыраны өйдөөн көрөр, сыаналыыр киһи олоҕор ситиһиилээх буоларын хойутаан да буоллар өйдөөһүн син биир туһалаах диэх этим.