Кырыыстаах таас

Кырыыстаах таас

Ааптар бу айымньытыгар Халыма кыһыл көмүһүн кимнээх хаһан, хайдах арыйбыттарын уонна чинчийбиттэрин туһунан номохторго, докумуоннарга олоҕуран сэһэргиир. Кыһыл көмүһү көрдөөһүн, чинчийии үлэлэрэ үгүс ыарахаттардаах, күчүмэҕэйдэрдээх, мүччүргэннээх. Сырыыны-айаны кыайар дьулуурдаах, идэлэригэр өй-санаа өттүнэн уһулуччу бэриниилээх дьон үлэлэрэ-хамнастара ромаҥҥа сиһилии кэпсэнэр.

Жанр: Современная русская литература
Цикл: Не является частью цикла
Год публикации: 2007

Читать онлайн Кырыыстаах таас


Аан тыл

Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн киэлитигэр биһигиттэн, аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктартан, ураты төһөлөөх элбэх араас омук дьоно кэлэн үлэлээн-хамсаан, олох олорон, сири-дойдуну чинчийэн-үөрэтэн, баайын-дуолун туһаҕа таһааран, урукку Сэбиэскэй Союһу, Арассыыйа Эбэ Хотуну барҕаппыттара, байыппыттара буолуой? Бу өттүнэн ыллахха, күүстээх хамсааһын Алдан кыһыл көмүһэ аһыллыаҕыттан – ааспыт үйэ сүүрбэһис сылларыттан ыла саҕаламмыта. Оччотооҕу «Алданзолото» трест кылаабынай геологынан үлэлээбит эдэр геолог Юрий Александрович Билибин эрчимнээх туруорсуутунан, 1928 сыллаахха маҥнайгы Халыматааҕы экспедиция тэриллибитэ. Бу экспедиция балтараа сыллаах үлэтин түмүгүнэн, аҕыйах сылынан «Дальстрой» трест олохтоммута. Мантан ыла Саха сиригэр көмүс промышленноһа күүскэ сайдыбыта.

Дойдубут бу кэминээҕи историята, оччотооҕу далааһыннаах үлэ-хамнас, ГУЛАГ тэриллиитэ, түҥ тайҕа кистэлэҥин курдук, баччааҥҥа диэри тыытыллыбакка, арыллыбакка сытар. Бу үрүҥ да, хара да өрүттээх үс көлүөнэ дьон олоҕун устата салҕанан барбыт кэм – бүтүн эпоха – биһиги республикабыт ааспыт үйэтээҕи историятыгар биир саамай улахан миэстэни ылар. Онон бу салаа хайа эрэ өттүнэн сырдатыллыбакка хаалара дойдубут ааспыт кэминээҕи олоҕун үөрэтии итэҕэһин быһыытынан билиниллиэхтээх.

1982 сыллаахха тахсыбыт «Кырыыстаах таас» сэһэн история бу кистэлэҥин сэгэтэн көрүү эрэ быһыытынан суруллубута. Сэһэн тахсыбыта үйэ чиэппэрэ ааспытын кэннэ, бу темаҕа иккистээн эргиллэн, кыах тиийэринэн, доруобуйа төһө көҥүллүүрүнэн салгыы үлэлэһэн көрүөх санаа күөрэйдэ. Олохтоохтору өрө көтөхпөтөх көмүс промышленноһын сайыннарыынан сибээстээн, бүтүн Илин Сибиир киэҥ иэнин тухары төһөлөөх элбэх киһи дьылҕата түстэммитин, төһөлөөх дьон уҥуоҕа урусхалламмытын ситэри ыатарар кыах кимиэхэ да бэриллибэт. Ону арыйарга хас да уонунан кинигэ – эпопея суруллуон наада. Ол биир киһи кылгас үйэтигэр кыаллыбат. Онон урукку сэһэммин ромаҥҥа кубулутан, Халыма көмүһүн былааннаахтык чинчийэн арыйбыт уһулуччулаах учуонай Ю.А.Билибин уонна кини соратнига, Магадан куораты төрүттээбит В.А.Цареградскай маҥнайгы экспедицияларын туһунан саҕалааһыны ааҕааччылар болҕомтолоругар таһаарарга холоннум.

Революция иннинэ да, сэбиэскэй да кэмҥэ, күн бүгүн даҕаны кыһыл көмүс ыар тыынын сабыдыала биһиэхэ, олохтоох омуктарга, үтүөнү оҥорбутунааҕар араас содулу аҕалбыта улахан. Онон «Кырыыстаах таас» диэн аат хайа да кэмҥэ суолтата сүппэт.

Ааптар

1.

Сиридикээн үрэҕэ икки иэдэс хайатын таас чанчыктарыттан хардарыта тэбинэн, Халыма эбэ хотуҥҥа халдьыгыраччы сүүрдэр. Кыараҕас ыллык суол үрэх тоҕойдорун таас харгыларынан быһыта охсор.

Лөкөй Лөгөнтөй көхсүн иһигэр киҥинэйэн ыллыы иһэн, устунан нухарыйыах курдук буолан барда. Төбөтүн төҥкөччү түһэрэн, икки өттүнэн биллэрдик иҥнэҥнээн ылла.

Эмискэ ата тохтуу биэрдэ. Киһи төбөтүн оройунан баран иһэн, арыычча өрүһүннэ. Соһуйбута бэрдиттэн суолун-ииһин өйдөөн көрүммэтэ. Кыбдьыгырыы түһээт, атын холурдук быһа тиҥилэхтээбитигэр, ата кэннинэн чинэриҥнээтэ. Онтон эмискэ иннин диэки дьүккүйбүтүгэр туох эрэ быһа ыстанар тыаһа иһилиннэ. Лөкөй туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы тахсыбытын сэрэйэн, эргиллэн көрдө. Таҥхаҕар муостаах хара маҥаас ынах сөбүлээбэтэхтии үөстээҕинэн таҥнары көрөн кэбиһээт, баһын быһа илгиһиннэ уонна сырааннаах муннун «пуус» гына тыаһатта.

– Балай Маҥаас, бэрт сүөһү, бу түүн сиргэ хоннороруҥ буолуо. Бүгүн күннээххэ бэркэ миигин эрэйдээтиҥ, – Лөкөй өс саҕа буолан, атыттан адаарыйан түһэн, ынаҕын быстыбыт быатыттан сиэтэн аҕалан, атын кутуругар холбоммут быата быстыбытын сүөрэн, икки төбөтүн ыйылыннары тардан, салҕаан кэбистэ. Онтон ынах сүүһүгэр кириэстии тардыллыбыт томторук быатын чиҥэтэн аччарыһа турдаҕына, ата уулаары олом ортотугар киирдэ. Иччитэ атын буойан көрдө да – туһалаабата. Төһө да кыйаханнар тэҥнэһиэ дуо, ууну кэһэригэр тиийдэ. Чөм-чөм үктэнитэлээн киирэн, атын тэһиинин ылаары төҥкөйдө. Ып-ыраас уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн сытар. Араас өҥнөөх таас бытархайдарын быыһыгар ытыс саҕа дьикти таас күн чаҕылыгар уоттуҥу кыһыл өҥүнэн толбоннуран көһүннэ. Лөкөй ону улахаҥҥа уурбата. Уһун үйэтигэр бу дойду таас үрэхтэригэр, хайаларын сирэйдэригэр итиннээҕэр буолуох араас дьэрэкээн ойуулаах, ыраас сырдык өҥнөрдөөх, оннооҕор муус курдук дьэҥкир таастары көрдө ини, көрбөтө ини. Ол да буоллар, тэһиинин атын атаҕыттан араара таарыйа били тааһы харбаан ылбыта, тааһа ыбыс-ыарахан эбит.


Вам будет интересно
Хомоҕой хоһоонньут, талааннаах суруналыыс Н.В. Михалева-Сайа саха көрөөччүтүн кутун туппут, киэҥ биһирэбилин ылбыт «Кэпсиэ» биэриитин хайдах толкуйдаан, торумнаан, айан таһаарбытын, аҕыйах кэм иһигэр биэрии хас биирдии саха ыалыгар күндү ыалдьыт буолбутун сиһилии сэһэргиир. Ааҕааччы күөх экран күндэлэс көстүүтүн кэтэҕэр хайдах олох баарын билиэн, бу биэрии биллии-биһирэбил муҥутуур чыпчаалыгар сылдьан соһуччу тоҕо тохтообутун туһунан ыйытыытыгар хоруйун мантан булуон сөп.Кинигэ иккис баһыгар дьо...
Читать онлайн
Суруйааччы саҥа айымньыларын геройдара – бүгүҥҥү кэм дьоно. Ким эрэ табыллыбатах тапталтан эрэйдэнэр, ким эрэ чугас киһитин алҕаһын көннөрө сатыыр, оттон сорохтор арыгы ыар содулуттан тэмтэрийэн иһэн көнөр суолга үктэнэллэр. Кинилэри биир дьулуур ситимниир – инникигэ эрэл, олоххо тардыһыы....
Читать онлайн
«Ол түгэн уораана» сэһэн саха народнай суруйааччыта Софрон Данилов «От үрэххэ» диэн киэҥник биллэр, хрестоматияҕа киирбит кэпсээнигэр олоҕуран сурулунна. Сэһэн туһунан бэчээккэ хаста да суруйан тураллар. Олор ортолоругар Багдарыын Сүлбэ 2010 сыллаахха «Кыым» хаһыакка: «Арчылан бу кинигэтин мин саха кыыһыгар, дьахтарыгар гимн курдук сыаналыы аахтым», – диэн суруйбута....
Читать онлайн
Үрүҥ-хара, үтүө-мөкү, кырдьык-сымыйа, үөрүү-хомолто, үчүгэй-куһаҕан, сырдык-хараҥа, таптал-өһүөн, бэринии-таҥнарыы… барыта бу олоххо баар, син биир БААР-СУОХ диэбиттии, бэйэ-бэйэтиттэн хардарыта тутулуктаах…...
Читать онлайн
Социалистическай Үлэ Геройа, саха народнай суруйааччыта, биллиилээх общественнай деятель Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар хомуурунньукка дириҥ социальнай ис хоһоонноох, умнуллубат уус-уран уобарастардаах кэпсээннэрэ киирдилэр....
Читать онлайн
Эдэр ааптар кэпсээннэригэр күннээҕи олоххо үгүстүк көстөр быһыыны-майгыны, чугас дьон сыһыаннарын, киһи саныыр санаатын, омос көрдөххө, балачча суруллан кэлбит тиэмэлэри арыйар эрээри, хас биирдии айымньыта дириҥ ис хоһоонноох, ааҕааччыны долгутар уонна толкуйдатар аналлаах. Таптал таабырына, уоллаах кыыс сүрэхтэрин кистэлэҥэ, олох очуругар бүдүрүйэн да баран көнүү – бу буоллаҕа олохпут тутуллан турар тутула, үйэлэргэ ахсаабат өй уонна сүрэх мөккүөрэ, олох олорор, киһи аналын толорор туһугар дьу...
Читать онлайн
Повесть о не случившейся любви. 1975 г., 23-х летний Володя на танцах встретил юную Катю и, что называется, влюбился с первого взгляда. Но, увы, отношения между ними так и не завязались. Виной тому стала разница в возрасте, которая 17-ти летней Кате показалась слишком большой и то, что девушка заранее поставила себе цель: сначала выучиться, а все остальное потом. Жизнь еще дважды их сводит, в 1981 и в 1997 г.г. Кате уже не кажется, что меж ними такая уж большая разница в возрасте, но, как говори...
Читать онлайн
Иногда лучше оставить любовь на этапе переписки, писать друг другу бесчисленные сообщения, мечтать о встрече… Потому что сохранить ее, находясь рядом, бывает очень сложно....
Читать онлайн
Чаровница Добранушка – это сказка о первой любви, которая возникает в борьбе между добром и злом в известном местечке под названием Поющие Ключи. Герой сказки Малыш, вор и сорвиголова, которого подсылают злые силы к Добранушке, чтобы ее погубить. Идет ожесточенная борьба между юной чаровницей Добранушкой и злыми силами в лице колдуньи Занозы Болвановны и колдуна Душегуба Кинжаловича, которые хотят одержать верх над юной феей и завладеть ее Золотым Веретенцем, чтобы получить полную власть над все...
Читать онлайн
Прекрасная незнакомка на пороге дома… Приятный сюрприз? Возможно. Вот только в глазах ее тайны, за спиной тьма, а тень ее – сама смерть.Ловец душ знает, что после смерти жизнь только начинается. Но переходить на ту сторону грани не спешит. Однако с появлением новой помощницы его то и дело пытаются убить. Она строптива, опасна и, кажется, не слишком-то высокого о нем мнения. Уволить ее? Ни за что. Ведь рядом с ней он по-настоящему жив....
Читать онлайн
…История затерянного корабля, история Коя, которого отлучили от моря, история Танжер, которая вернула море Кою, поразила меня в тот миг, когда я познакомился с ними. Я знал, что подобные истории очень редко случаются на этом свете, а тех, кто рассказывает о таких историях, даже уснащая их столь же фантастическими образами, какими картографы прежних времен заполняли белые пятна на своих картах, уже, собственно, и нет почти. И это очень мешает поддаваться искушению и играть в старину, рассказывая ...
Читать онлайн
«Фламандская доска» Артуро Перес-Реверте – интеллектуальный детектив, парадоксальный и многоплановый. Роман завораживает головокружительно закрученным сюжетом, перемещением действия из одного временного и культурного пласта в другой. В мире антикваров и коллекционеров старинная картина – ключ к разгадке жестоких преступлений, происходящих в наши дни. Но за каждую проигранную фигуру в шахматной партии будет заплачено человеческой жизнью....
Читать онлайн