Таптал уонна дьүккүөр

Таптал уонна дьүккүөр

Айымньы сүрүн геройа Бэриэт Түбүктээхэп, билим сыаналаах үлэһитэ, саҥа-сонун толкуйдарын, идеяларын олоххо киллэрэр модун дьүккүөрдээх. Ону кини көнө майгытынан, ыраас сүрэҕинэн, санаатын күүһүнэн, сырдыкка-үтүөҕэ эрэлинэн ситиһэргэ дьулуһар. Онуоха албыны-көлдьүнү, таҥнарыыны, ордук санааһыны, күүстээх утарылаһыыны көрсөр, доруобуйата айгырыыр… Тиһэҕэр Бэриэт тугу ситистэ, олох тургутуутун хайдах туораата? Киһи бу Орто дойдуга тус суолун, аналын буларыгар ким-туох тирэх, өй-санаа, күүс-көмө буоларый? Ону, күндү ааҕааччы, бу айымньыттан билиэҥ.

Главный герой повести – Бэрет Тюбюктяхов, ценный научный работник, усердно воплощает в жизнь современные разработки, оригинальные идеи. Он стремится достигнуть поставленных целей своей честностью, чистым сердцем, добрыми помыслами, надеждой и верой в добро и справедливость. Но он встречает ложь, предательство, зависть на своем пути, здоровье его пошатывается… Чего же в итоге добился Бэрет, как он преодолел суровые испытания жизни? Что или кто в этом мире дарует силы человеку найти свой путь, свое предназначение, становится опорой в трудные дни? Об этом, дорогой читатель, ты узнаешь в данной книге.

Жанр: Современная русская литература
Цикл: Не является частью цикла
Год публикации: 2021

Читать онлайн Таптал уонна дьүккүөр


Таптал уонна дьүккүөр

Бытие пусть определяет сознание,

но сознание не согласно…

Утуйар чаас саҥа буолла. Оттон уу чуумпу сатыылаабыта син ыраатта. Балаата уота ол чуумпуну ылынан эрдэ умуллубута.

Түбүктээхэп Бэриэт Сиидэрэбис санаа аралдьытарга диэн ааттаан бу кэлин күннэргэ хаһыат аҕалтаран ааҕар буолла. Онтукатын син сүүрбэччэ мүнүүтэ курдук ааҕар, ол кэннэ хараҕа сылайар, тохтоон хаалар. Чаас, икки чаас сынньанар, ааҕыытын эмиэ хатылыыр. Оннук эмиэ биир туспа эрэйдээх дьарыгы булан ылла.

Бу киэһэ уот умуллуон иннинэ эмиэ куолутунан хараҕа сылайан, төбөтө ыалдьан барбыта. Утуйар уу ыгыах буолбута.

Хаһыатын туора уурбута, утуйардыы сананан суорҕанын бүрүнэн кэбиспитэ. Кини хараҕын быһа симэн, икки илиитин атахтарын икки ардыгар кыбытан кумуйуоҕунан кумуйан баран нуктаан барбыта. Сылаата таайдаҕа, утуйбут этэ.

Уһуктан кэлэн туумба үрдүгэр уурбут чаһытын көрбүтэ: уон биири ааспыт эбит. Син утуйбахтаабыт, балтараа чаас курдук. Аны мантан түүн төһө, хайдах утуйара буолла?! Айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Эргийэн ойоҕоһунан сыппыта, уҥа ытыһын иэдэһин анныгар уган хараҕын быһа симмитэ.

Эмиэ дьэ, хаһан утуйуохха диэри, санаа-оноо ытылҕана саҕаланнаҕа…

1

Түбүктээхэптэр төрүт түөлбэлэрэ Быйаҥнаах диэн аатырбыт күөл үрдүгэр турар Барҕа дэриэбинэ буолар.

Быйаҥнаах – икки көс кэриҥэ усталаах, хас эмэ биэрэстэ туоралаах, ортотугар дьоҕус арыылаах ытык эбэ. Көтөрө, балыга дэлэйинэн, хара тыатыгар кылааннаах түүлээх, булт-алт арааһа тоҕуоруһарынан үйэ тухары аар-саарга аатырар. Эбэ илиҥҥи үрдүк эҥэрин биир мааны кырдалыгар Барҕа дэриэбинэ олохсуйбут.

Бу күөл тулатыгар хатыҥ чараҥ үтүөтэ баар. Тиит, харыйа, бэс мас булкаастаах аар тайҕата муҥура биллибэт киэҥ сиринэн тайыыр. Алаастар диэн ааттанар киэҥ нэлэмэн сыһыылар аайы, Быйаҥнаахха да тэҥнэспэтэллэр, бэрт улахан күөллэр нэлэһийэллэр. Олор тулалара бы-лыр былыргыттан күөх быйаҥнарын өлгөмнүк өрө анньаллар. От барахсан муҥутаан үүммүт кэмигэр сэниэлээх соҕус сиккиэр тыал сипсийэн бардаҕына ходуһа киэҥ иэнэ муора долгунун санатан, араас өҥүнэн биир күдьүс долгулдьуйар, күн уотун кытта оонньоһор тамана кылапачыйа күөгэҥниир. Ол көстүү хайа да бэйэлээх нохтолоох сүрэҕин долгутар, иһийбит эрчимин уһугуннарар, ходуһа хоһууна буоларга булгуччу ыҥырар дьиктилээх. Дьон-сэргэ барахсан бу быстыбат быйаҥтан сомсон сүөһү, сылгы ииттэллэр – түөлбэ дьонун бу сүрүн дьарыгын ситимин быспакка хас үйэлэргэ илдьэ кэлбитин ким да билбэт. Билэ да сатаабат. Ол дьарык үйэлэр тухары баара, баар буолуоҕа даҕаны диэн өйдөбүл бигэтик иҥмит түөлбэтэ – Барҕа барахсан буоллаҕа!

Былыта суох ыраас күҥҥэ, салгын сылыйа иһийэр кэмигэр, ыраах илин диэки Дьааҥы хайаларын очуостара бэрт чуолкайдык көстөөччү. Оччоҕо уһун кураан күннэр үүнээччилэр. Дьэ ити кэмҥэ эдэрдиин-эмэнниин, кыыстыын-уоллуун бука бары хомуллан, бас-көс дьон дьаһалынан от-мас үлэтэ күөстүү оргуйар. «Биир күн дьылы быһаарар!» диэн этии маннык былдьаһыктаах күннэргэ анаммыт буоллаҕа дии саныыгын.

Күн тахсыыта саһарҕа бастаан Быйаҥнаах эбэ киэҥ иэнигэр чаҕылла сыдьаайар, көмүс мөһүүрэ кыырпахтарын сөтүөлэтэр. Онтон тиэтэйэ-саарайа Барҕа арҕаа эҥээриттэн саҕалаан бэрт сотору дэриэбинэни сылаас угутунан сабардыыр. Былыта суох буоллаҕына, күн тахсыаҕыттан киириэр диэри бу түөлбэ иэниттэн арахсыбат. Онон бу хоту дойдуга күн сылааһын муҥура баар буоллаҕына, ол муҥурун илэ билэр дойду – бу Барҕа!

Быйаҥнаах эбэҕэ үс үрэх уутун кутар. Саас аайы күөл уута лаппа эбиллэр. Угут дьылларга уу Барҕа томторугар балтараа хаамыы курдугунан эрэ тиийээччитэ суох. Онон буоллаҕа, айылҕа анаан оҥорбут кырдала буолар. Ол туһунан араас номохтор да бааллар, олортон биирдэстэрэ маннык:

Былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку кэмнэр уор-ҕаларыгар Быйаҥнаах эбэ биирдик мэндээрэр иэнин эрэ билинэн, онтон атын буолуоҕун санаан да көрбөккө, сири-сибиири барытын сабардаан, сороҕор олох чуумпуран, ардыгар аймана дьалкыйан, силлиэ-буурҕа аргыстанан, барҕа быйаҥыттан дьону-сэргэни өлүүлээн аһатан-сиэтэн сыппыта үһү. Үгүс эр бэртэрэ эбэ мөхсөр-тахсар кэм-нэрин аахсыбакка туран туруулаһан көрөллөрө үһү. Ол хапсыһыыга икки атахтаах баһыйтаран тыыннарын былдьаталлара, бүттүүн мэлийэн сүтэн хаалар түгэннэрэ үгүс эбит. Онон кэлин хайа да бэйэлээх эр бэрдэ ханнык да тыынан, оҥочонон эбэ дохсун санаата уһуктубут буоллаҕына, санаммат буолбуттар. Кини тулатынааҕы алаастара буомуран маардарга кубулуйан сир-дойду таһаата кутаҥнас буола күөгэлдьийэр туруга кэҥээн испит. Олохтоох баай сир-дойду мөлтүүр-ахсыыр кэмэ кэлээри гынна диэн аатырар ойуунун ыҥыран ылан барытын сиһилии быһаарбыт, хайдах кэм кэлиэҕин өйдөппүт, эстии-быстыы чугаһаан иһэрин санаппыт. Ол кэннэ эбэ намыһах сирин ыйан, үллэр сүүрүктээх, будулуйар бурууктаах Орто бараан дойдуну хаба ортотунан киэҥ таһаа киэлитин кэҥэтэ устар, элбэх үөстээх улуу кудулу өрүскэ тиийэн уутун кутар суолун тобулар ыллыгын оҥор диэн көрдөһөр курдук дьиппиэн, булгуччулаах сорудах биэрбит. Ити барыта дьонуҥ-сэргэҥ инники дьоллоох олоҕун суолун арыйыы буолуоҕа диэн сэрэппит.


Вам будет интересно
Сэһэн сүрүн геройа Лэкиэс, саха сылгытын Туоһахтаны кытта бииргэ алтыһан, истиҥник доҕордоһон, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баран, кырыктаах кыргыһыыга буһан-хатан уһаарыллара, саха чулуу, хорсун-хоодуот буойуннара, олохторун толук ууран туран, Москубаны көмүскээн, өстөөҕү үлтүрүтэн киэр үүрэллэрэ кэрэхсэбиллээхтик ойууланар. Ону сэргэ Дьөһөгөй оҕото Туоһахта эмиэ сэриигэ утаарыллан, кыргыһыыга хорсуннук кыттара, тулуура-дьулуура, өйө, төрөөбүт дойдутугар муҥура суох таптала, бэриниилээҕэ ...
Читать онлайн
Чурапчы оройуонун холкуостарын Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар хоту – Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ оройуоннарыгар көhөрүү туhунан дьиҥнээх олоххо буолбут чахчыларга олоҕурбут уус-уран суруйуу....
Читать онлайн
Бу сэһэҥҥэ номоххо киирбит Манчаары Баһылай олоҕо, таптала, баайдары утары охсуһуута суруллар....
Читать онлайн
«Үйэ кирбиитигэр» диэн историческай хабааннаах уус-уран айымньыга Саха сирэ Россия государствотыгар холбонуутун кэминээҕи быһыы-майгы ойууланар. Оччотооҕу кэрдиис кэми көрдөрөр сэһэн сюжета уус-уран проза жанрынан арыллар.Бу үлэтин суруйарыгар ааптар архыып матырыйаалларыгар уонна историческай литератураөа тирэммит....
Читать онлайн
Ааптар бу романы суруйуон иннинэ түөрт уонтан тахса сыл устата архыып матырыйаалларын, тустаах тиэмэҕэ анаммыт суруйуулары, бэрт үгүс тылынан да, суругунан да ахтыылары истэн, үөрэтэн, тэҥнээн көрбүт. Онон айымньытыгар киллэрбит үгүс геройдара, бэлиэ түгэннэр олоххо баар буола сылдьыбыттарынан ааҕааччы интэриэһин тардаллар. Архыып докумуоннарыгар, оччотооҕу кэмтэн норуокка хаалбыт номохторго, ахтыыларга олоҕуран сабаҕалаан суруйуу өрөбөлүүссүйэ дьалхааннаах кэмин үйэлэр быыстарыттан сэгэтэн көрө...
Читать онлайн
Ирина Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй бу кинигэтигэр оҕо саас умнуллубат өйдөбүллэрин, бастакы булт үөрүүтүн, ийэ оҕоҕо тапталын, эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын, сиэр-майгы, олох туһунан кэпсээннэрэ киирдилэр. Кэпсээннэр киһини олоххо буолар араас быһыы-майгы киһи дьылҕатыгар оруолун, сирдээҕи анал, төлкө туһунан толкуйдаталларынан кэрэхсэбиллээхтэр. «Элгээҥҥэ» диэн олоххо буолбут түбэлтэ туһунан суруйуу ааҕааччыны долгутуо.В сборник вошли короткие рассказы о детях, о первых успехах и гордости ...
Читать онлайн
Мужчина один день верхом на коне, а другой – под конем. Его всегда испытывает жизнь на крепость… А как он пройдет эти испытания – известно одной судьбе. В своих произведениях автор вскрывает глубинные социальные проблемы современного общества. Его герои узнаваемы и близки, потому что взяты из реальной жизни. Им присущи острое чувство справедливости, неравнодушие, честь, мужская ответственность не только за свою семью, но и за страну. Воистину, мир может погубить именно равнодушие, если переведут...
Читать онлайн
Эдэр силиэдэбэтэл дьаныһан туран бутуурдаах дьыаланы арыйарын туһунан ааҕааччы болҕомтотун тардардыы дэтэктиип жанрынан суруллубут сэһэҥҥэ ойууланар. Киирии тылы айымньы сүрүн геройун прототиба – юстиция генерал-майора Макар Яковлев суруйбута кэрэхсэбиллээх....
Читать онлайн
Главный герой Иван должен освободить похищенную коварным ключником Стобедом златокрылую двуглавую жар-птицу Орлицу. Для этой цели получает Иван от красавицы Снегурки серебряный рублик…...
Читать онлайн
Неотвратимо, день за днем, с надеждой в завтра по ступеням идем.Лирика о жизни, удаче, времени и его бесконечности.Стихи 2007, 2008, 2009, 2017 гг....
Читать онлайн
Однажды повстречавшись с Сереной Депиеро, Лука Фонсека отправился в тюрьму. За прошедшие с того памятного дня годы бразильский миллиардер сумел восстановить репутацию, но так и не забыл случайной встречи. И когда он вдруг узнает, что Серена устроилась работать в один из филиалов его благотворительного фонда, в нем вновь вспыхивает ярость… или страсть?...
Читать онлайн
Лео Кавалло вынужден ненадолго оставить бизнес и поселиться в небольшом доме у подножия гор. Местный воздух и удаление от города должны помочь ему восстановить здоровье. Работа для него на первом месте, а здесь, в горах, нет даже Интернета. Единственным утешением ему становится хозяйка дома – молодая и одинокая Фиби…...
Читать онлайн