Бу саҥа кинигэ ааптарын Валерий Николаевич Луковцев-Дьурустааны мин отучча сыл устата билэбин. Кини бэйэтин баҕа өттүнэн, утарсарбын кэрэйбэккэ, миигинэ суох, «Биһиги, сахалар…», «Сказ о народе саха» диэн кинигэлэрбин презентациялааһыны тэрийэн, оччотооҕу тыҥааһыннаах сыһыаҥҥа көмүскэспититтэн ыла ордук бодоруһан, алтыһан, бииргэ үлэлэһэн кэллибит. Уларыта тутуу, саха государственноһын суолун тобулуу, сомоҕолоһуу уонна атааннаһыы, өйдөһүү уонна өсөһүү, туруорсуу уонна чугуйуу, эрэнии уонна кэлэйии, ситиһии уонна хотторуу – барыта баара бу уустук будулҕаннаах кэмнэргэ.
Ааспыт 30 сылы биһиги айдыбыт, туттубут: ситиһиитин уонна хотторуутун тэҥҥэ үллэстэбит. Политика аам-даам тумана саба түһэрин А. Борисов «Хаарыан хампа күөх кытылым» диэн театральнай айымньыта эрдэттэн сэрэтэн, биһиги кэлэр кэскил туһугар кыһаллыахтаахпытын көрдөрбүтэ. Саха интэлигиэнсийэтэ театральнай искусствоны сайыннарар араҥата суолдьут сулус буолбут суолтатын ыһыктыбакка сылдьар буолан, норуотун ис чиҥин бөҕөргөтөр, саҥа көлүөнэ ыччаттарга духовнай өйдөбүл, нүөл кырыс буолар.
Маны сэргэ ХХ үйэ иккис аҥаарыгар сахалыы төрүт өйдөөх, санаалаах, дьоһун майгылаах, саха олоҕун ис тыыныгар иитиллибит бөдөҥ суруйааччыларбыт сабыдыаллара үйэлэр кирбиилэригэр төрүт тутулбутун туура туттарбатахтара. Семен уонна Софрон Даниловтар, Далан, Болот Боотур, Моисей Ефимов, Иван Гоголев, Тумарча уонна литература кириитиктэрэ, чинчийээччилэрэ Василий Протодьяконов, Эрчимэн – саха саҥатын күүһүрдэн, дьулуһуутун, кыһалҕатын дириҥник эҥсэн ырытан, государственнай таһымнаах өйдөбүллэргэ таһаарбыттара.
Ити быыһык кэмҥэ саха чаҕылхай учуонайдара В.П. Ларионов, А.И. Кузьмин, М.К. Гаврилова, И.А. Аргунов, З.А. Корнилова, В.Р. Дарбасов, о.д.а. олох-дьаһах бутууруттан, политическай быһыы-майгы ухханыттан ылҕаан, саха ыччатын харыстыы сатаабыттара, суолун-ииһин ыйбыттара. Улугурбут политическэй система итэҕэстэрин-быһаҕастарын быһаарарга Михаил Иванов-Багдарыын Сүлбэ, Егор Алексеев, Уйбаан Федосеев-Доосо, Далан, Георгий Борисов, Уйбаан Ушницкай, Уйбаан Николаев, Дмитрий Кустуров өҥөлөрө улахан. Ааспытын иннигэр аны санаатахха, кимэн да киирсиилэр бааллара. «Саха омугу» тэрийбит Владимир Тимофеевич Николаев саха көҥүл санаата көнөрүгэр элбэх сыратын биэрбитэ. Бу кэмҥэ культура, журналистика уонна үөрэх эйгэтэ саха туһа, дьылҕата диэн инники күөҥҥэ тахсыбыта. Уйбаан Шамаев, Егор Жирков, Николай Максимов, Дьурантай, Тэрис, Уххан, Дабыл, Уйбаан Бурцев, Хомус Уйбаан, Оһуохай Уйбаан, Баһылай Парников, Кыталык Баһылай, элбэх учууталлар суураллыбат суоллары тэлбиттэрэ, саха сахатынан кэрэ диэн ис туругу бөҕөргөппүттэрэ. Политическэй эйгэҕэ аан бастаан көҥүл өттүнэн холонуу саҕаламмыта. Бастаан айылҕаны харыстааһын өттүнэн киирсэн, онно тирэнэн, араас холбоһуктар үөскээн барбыттара. Ол туһунан сырдатар «Көлүөнэ ситимэ быстыбатын, үгэс салҕанарын туһугар» (2009 с.) кинигэҕэ элбэх матырыйаал киирбитэ.
Итинник өрө күүрүүлээх, будулҕан буурҕа курдук тула ытылла турар кэмҥэ М.Е. Николаев курдук государственнай уонна сахалыы тускуллаах баһылыгы талан таһаараммыт, нуучча уонна саха ньургуннара В.М. Власов уонна К.Е. Иванов, бастаан Аан Дархаммытыгар кынат дайыыта буоланнар, турууласпыппыт. Дьэ, кырдьык, саха дьолугар төрөөбүт киһи диэн саныыбыт. Кини политикатын биир уратытынан буолар этэ: саҥа көлүөнэ интэлигиэнсийэни иитэн таһаарар туһуттан ыччат общественнай хамсааһыннарын быһаччы көҕүлээһин уонна өйөөһүн.
Ол иһин «Эдэр саас», «Эдэр интеллигенция» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ быһаччы Президеҥҥэ туруорсууларын тиэрдэр, государственнай таһымнаах өйгө-санааҕа иитиллибиттэрэ. Оччотооҕу 25–30 саастаах ыччаттарга тирэнэн, биһиги Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин суверенитетын бөҕөргөтүү, сайдыы историческай хардыыта ситиһиллибитэ. Уонна билигин ол ыччаттартан санааларынан, дьыалаларынан сүүмэрдэнэн, норуот түс-бас, сис дьонун таһымыгар ситтилэр-хоттулар, бэйэлэрэ иитээччи, уһуйааччы, салайааччы буоллулар. Олортон биирдэстэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин демократическай акылаатын тутуспут, сахалыы сайдыылаах өй-санаа, быһыы-майгы олохсуйарыгар төлөннөөхтүк туруулаһар интэлигиэнсийэ биир бэлиэ бэрэстэбиитэлэ, кырдьыгы-сымыйаны, үтүөнү-мөкүнү эндэппэккэ араарар уонна ону күөнүгэр түһэрэн дорҕоонноохтук быһаарар ураты дьоҕурдаах, сытыы, муударай өйдөөх-көрүүлээх. ылыннарыылаах тыллаах, халбаҥнаабат майгылаах доҕорбут Валерий Николаевич Луковцев.